Чурапчы улууһугар аграрнай хайысхалаах сэттэ оскуола таһаарыылаахтык үлэлиир. Олортон биирдэстэрэ – Иван Федосеев — Доосо аатынан Дириҥнээҕи орто оскуола ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ аграрнай хайысхалаах бастыҥ оскуола аатын ылбыта.
Онон оскуола ыытар үлэтин, олоххо киллэрбит бырайыактарын Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, Ил Түмэн дьокутаата, АГАТУ ректора Валерий Федоров, СӨ Уопсай уонна эбии үөрэхтээһин, уонна иитии эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччыта Семен Иванов, агро-оскуола дириэктэрдэрэ уо.д.а. кэлэн билистилэр.
Үлэлиир бөлөх оскуола эбийиэктэригэр, мусуойга, бизнес-инкубаторга, автодело уонна трактороведение кабинетыгар, автодромҥа, үөрэнээччилэр олорор уопсайдарыгар уонна «Точка роста», “ЦОС” кабинеттарыгар сылдьан, үлэ хайдах ыытылларын көрдүлэр. Салгыы аграрнай хайысхалаах үөрэхтээһиҥҥэ анаммыт мунньахха кытыннылар.
Антонина Григорьева, Ил Түмэн дьокутаата:
— Дириҥ оскуолатыгар научнай-производсвтеннай базаларын тэрийиигэ, чинчийэр, үөрэтэр территорияны сайыннарыыга көмөлөһөргө үлэлэһиэхпит. Маныаха үлэ саҕаланарыгар саҥа кыахтары ырытыстыбыт. Инникитин бу оскуола Илин Эҥээргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ базовай былаһаакка буоларыгар эрэнэбин. Дьаһал кыттыылаахтара аграрнай хайысхалаах үөрэхтээһиҥҥэ олохтоох усулуобуйаҕа олоҕуран, билиҥҥи кэмҥэ суолталаах саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ санааларын үллэһиннилэр. Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатыгар эдэр каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтону уурарга этии киирдэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 98 агро-оскуола баарыттан 17 эрэ выпускник Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар киирбит. Дьиҥинэн, бу аграрнай хайысхалаах оскуолалар оҕолору үлэни таптыырга, сатабылга эрэ буолбакка, тыа сирэ сайдарыгар төһүү күүс буолалларыгар үөрэтиэхтээхтэр. Биһиги төрүт үгэстэрбитигэр – ынаҕы, сылгыны, табаны иитиигэ, балыктыырга, бултуурга, араас үүнээйини үүннэриигэ, олохтоох оҥорон таһаарыыга олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, саҥа технологиялары туһаныахтаахпыт. Онуоха оҕолор бу эйгэни баһылыырга үрдүк үөрэҕи ылаллара оруннаах. Бу оҕолор агро-оскуолаларга, тыа хаһаайыстыбатын орто анал үөрэх кыһаларыгар саҥа, сонун бырайыактары киллэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылааттарын киллэриэхтэрэ. Онон тыа сирин ыччатын интэриэһин тардарга араас хайысхалаах үлэни ыытарга өссө да сүбэлэһиэхпит, үлэлэһиэхпит. Аграрнай хайысхалаах оскуола көннөрү орто оскуолаттан ноҕорууската улахан. Сүрүн үөрэх, иитии хаачыстыбатын таһынан, оҕо производственнай сатабыллаах буоларыгар уһуйаллар, оскуолаҕа анал база тэрийэллэр. Онон ырытыһыыга хамнас боппуруоһа таарылынна.
Бу дьаһал кэнниттэн дэлэгээссийэ бастыҥ үлэлэлээх Одьулуун, Сылаҥ, Төлөй агрооскуолаларыгар сырыттылар.
Марфа Петрова.