Афанасий Мунхалов хартыыната Кыайыыга сирдээтин

Сүдү киһибит бүгүҥҥү бэлиэ күнүгэр, инникигэ сирдиир хартыынатын туһунан бэрт кылгастык сырдатыаҕы баҕарыллар.

Эһиги иннигитигэр “Кыайыы уонна эйэ” диэн сиэрийэттэн РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга Афанасий Мунхалов (1935-2014), 1979 сыллаахха суруйбут “Кыайыы” литографията көстөр. Кааскаларын ньимиччи кэппит Сэбиэскэй саллааттар туохха эрэ улаханнык үөрбүттүү хаһыытаабыттар, бука сэрэйдэххэ, сааларын-саадахтарын өрө тутаннар кыайыыларынан “ура” диэбиттэр быһыылаах. Бинтиэпкэлэр уостарыттан сибэккилэр үүммүттэр, ол үрдүнэн холууптар көтө сылдьаллара ойууламмыт. Сибэкки – Кыайыы, олох бэлиэтэ онтон холууп – Сир үрдүгэр эйэ символа.

Омос көрдөххө, төһө даҕаны биир дьүһүннээх үлэ буоллар, ааптар саллааттар муҥура суох үөрүүлэрин, Бүтүн Сэбиэскэй норуот сомоҕолоһуутун, бырааһынньык настырыанньатын, дьоро түгэни дьэҥкэтик көрдөрбүт.

Бу хартыына, күн-бүгүн биһиги дойдубутугар суолтатын ханан даҕаны сүтэрбэт. Бу сылга биһиги уолаттарбыт эмиэ иллээх-эйэлээх олоххо этэҥҥэ сулууспалаан кэлэллэрин баҕарыаҕын. Афанасий Мунхалов бу сүдү үлэтэ онуоха инники Кыайыыга сирдьитинэн буоллун.

 

Сэмэн Жендринскэй