Бу суруктар Саха национальнай архыыбыгар хараллан сыталлар. Кинилэртэн бастакыларын лоп курдук 81 сыллааҕыта, 1943 сыл кулун тутар 29 күнүгэр киэҥник сураҕырбыт артиллерист Гаврил Дмитриевич Протодьяконов ССКП обкомугар аадырыстаан суруйбут. Онно ааҕабыт:

“Мин Кыһыл Армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр ыҥырыллыбытым. Брянскай фроҥҥа сылдьан төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн бараммыт тоҕо көтөн тахсыбыппыт. Сталинградка биһиги дивизиябыт биэс ый устата тохтоло суох сэриилэспитэ, хардыыны да чугуруйбатаҕа, кэнники кимэн киириигэ кыттыбыта. Мин 45 мм пушкаҕа наводчигынан сулууспалыыбын. Сержант званиелаахпын, ”Хорсунун иһин”мэтээлинэн, “Туйгун артиллерист” значогунан наҕараадаланным.

Сталинградка өстөөҕү урусхаллааһын кэнниттэн, кулун тутар 5 күнүгэр, правительство биһиги дивизиябытын Кыһыл Знамянан наҕараадалаата уонна гвардейскай ааты иҥэрдэ. Мин, саха ыччата, онон киэн туттабын. Дивизия бу үөрүүнү бырааһынньыгынан сулууспалыыр полкам аатыттан тыл этэрбэр сорудахтаабыттара. Этэн бүппүппэр дивизия полит-үлэһитэ “Туругурдун элбэх национальностаах Советскай Союз!” диэн хаһыытаан өйөөбүтэ.

Мин ЫБСЛКС чилиэнэ этим. Алтынньы 7 күнүгэр, суостаах кыргыһыы буола турдаҕына, партия чилиэнигэр кандидатынан ылбыттара. Оттон 1943 сыл кулун тутар 23 күнүгэр партия чилиэнинэн үүннэрдилэр.

Армияҕа ыҥырыллыбытым кэннэ аҕам, кэргэним, тастыҥ балтым уонна күтүөтүм өлбүттэр. Онон бөкчөгөр ийэбин кытта тыла суох быраатым эрэ хаалбыттар. Ол бырааппыттан сельсовет нолуогу тутар эбит. Эһигиттэн мин итинник балаһыанньабар көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүн.

Иккис төрдөһүүм: ийэм икки сыл устата биирдэ да суруйбата. Тоҕо суруйбатын билиэхпин баҕарабын”.

Бу суругу ССКП обкомун оччотооҕу сэкирэтээрэ таб. Г.В. Попов ити сыл бэс ыйын 15 күнүгэр ССКП Чурапчытааҕы райкомун сэкирэтээригэр таб. Белолюбскайга дьаһал ыларыгар ыыппыт уонна эппиэтин биллэрэригэр сорудахтаабыт. Онуоха райком бэс ыйын 28 күнүгэр “таб. Протодьяконов Г.Д. быраата байыаннай нолуоктан босхолонно, ийэтэ уонна быраата үчүгэйдик олороллор” диэн эппиэттээбит. Оттон таб. Попов от ыйын 1 күнүгэр бу курдук суруйбут:

“Эн суруккар партия обкома ийэҥ уонна быраатыҥ үчүгэйдик олороллор, быраатыҥ нолуоктан босхолонно диэн эппиэттиир.

Кинилэр эйиэхэ аадырыскын билбэт буолан суруйбатахтар. Билигин Эн биһиэхэ аадырыстаан ыыппыт ыспыраапкаҕын итиэннэ Эн аадырыскын кинилэргэ ыыттыбыт.

Кэргэттэриҥ тустарыгар, таб. Протодьяконов, санаарҕаама, наада буоллаҕына эн ийэҕэр сөптөөх көмө оҥоһуллуоҕа”.

Саллаат итини ылан үөрбүт-көппүт, партия обкомугар махтаммыт суруга бу баар:

“Эн суруккум туттум уонна олус үөрдүм. Таб. Попов, баһыыба. Эһиги бырааппын нолуок төлүүртэн босхолообуккут уонна кэргэттэрбэр көмөлөһүөх буолан эрэннэрбиккит. Кэргэттэрим тустарынан санааттан-онооттон быыһанан, нус-хас буоллум. Ийэм уонна быраатым хайдах олороллорун эйигиттэн эрэ иһиттим.

Табаарыс Попов, мин расчетум икки тигр таанканы алдьатта. Полк командира миигин Кыһы Сулус орденынан наҕараадалааһыҥҥа түһэрдэ. Билбэтим, баҕар, бигэргэтиэхтэрэ суоҕа”.

Ити кэмҥэ партийнай уорганнар уодаһыннаах өстөөҕү үлтүрүтүү дьыалатыгар норуот бүттүүнүн күүһүн түмэр элбэх түбүктээх кэмнэригэр этэ. Бу суруктар партийнай тэрилтэлэр Ийэ дойдуну көмүскэһэ сылдьар боростуой саллаат туһугар хайдахтаах курдук кыһамньыны уурбуттарын санатар буолан киһини ордук долгуталлар.

 

Сэмэн Жендринскэй