Ааспыт нэдиэлэҕэ Дириҥҥэ хорсун санаа бэлиэтэ буолбут разведчик Павел Поисеевы тиһэх суолугар атаардылар

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат… Ааспыт нэдиэлэҕэ, о.э. тохсунньу 12 күнүгэр, Дириҥ бөһүөлэгэр анал байыаннай дьайыыга бойобуой сорудахха сылдьан суорума суолламмыт, разведчик Павел Поисеевы оҕо буолан сүүрбүт-көппүт хонуутугар, төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтигэр ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, биир дойдулаахтара, аймахтара, доҕотторо сүгүрүйэн туран тиһэх суолугар атаардылар.

Поисеев Павел Юрьевич – Павлик, 1987 сыллаахха олунньу 16 күнүгэр Чурапчы улууһун Дириҥ бөһүөлэгэр Галина Ивановна уонна Юрий Иннокентьевич Поисеевтар дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Дьоллоох оҕо сааһа Дириҥнээҕи уһуйааҥҥа ааспыта, 1994 сыллаахха  Дириҥ орто оскуолатын боруогун атыллаан үөрэх-билии киэҥ аартыгар үктэммитэ. Оскуолатааҕы сылларыгар үөрэҕи таһынан оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттара кыттара. Кыра кылаастан саҕалаан көҥүл тустуунан утумнаахтык дьарыктанан “Азия оҕолорун” норуоттар икки ардыларынааҕы Оонньууларыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ.

Оччотооҕуга оскуола иһинэн үлэлиир “Дабаан” диэн драматическай куруһуокка эмиэ олус табыллан дьарыктаммыта. Оскуолаҕа, төрөөбүт нэһилиэгэр, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар  тэрээһиннэргэ кыттан хаста даҕаны көрөөччү биһирэбилин ылбыта.

Павлик уруһуйдуур, уһанар айылҕаттан талааннааҕа өссө кыра сааһыттан биллэн барбыта. Кэлин улаатан, оннун-тойун булунан мастарскыай тэринэр баҕа санаалааҕа.

2004 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ үөрэнэ киирбитэ. Ол үөрэнэ сылдьан Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин кэккэтигэр аармыйаҕа ынырыллан, Ытык иэһин төлүү сулууспалыы барбыта. Икки сыл сулууспалаан кэлэн баран, Дьокуускай куоракка Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар охраннигынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Онтон кэлин, 2019 сыллаахха “Сахафильм” тэрилтэҕэ олоҕун анаабыта. Киинэ устааһыныгар, оформлениетыгар, уопсай маассабай үлэлэргэ умсугуйан туран кыттыыны ылара.

Ити кэнниттэн, 2023 сыллаахха атырдьах ыйыгар, Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга бэйэтин баҕа өттүнэн хантыраагынан сулууспалыы барбыта. Анаммыт чааһыгар соҕотох саха этэ. Олус сымса, булугас өйдөөх, хорсун-хоодуот Чурапчы уола, бэйэтин үчүгэй өттүн көрдөрөн мэлдьи инники күөҥҥэ, разведка биригээдэтигэр сылдьыбыта.

2023 сыл, сэтинньи 28 күнүгэр, Херсонскай уобалас Козулихскай арыытыгар, бойобуой сорудахха сырыттаҕына, өстөөх буулдьата Павлик сырдык тыынын быспыта.

Дьонноро, Павлигы “сытыары, сымнаҕас майгылааҕа, истиҥ, эрэллээх доҕор-атас этэ” диэн ахталлар. “Дойдутун, Ийэтин, чугас дьонун олус иһирэхтик таптыыра, ахтара”.

Поисеевтар халыҥ аймах тапталлаах оҕолоро, бырааттара, убайдара, таайдара Павлик, дьонун-сэргэтин сүрэҕэр өрүү тыыннаах буолуоҕа…

 

Сэмэн Жендринскэй – Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы