681 нүөмэрдээх Чурапчытааҕы «Киин» быыбардыыр учаастакка 896 быыбардааччы баар

681 нүөмэрдээх Чурапчытааҕы «Киин» быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Барыс Баишев: «Биһиги учаастакпытыгар 896 быыбардааччы баар. Учаастакпыт бүгүн сарсыарда 8 чааска аһылынна. Учаастакка үлэлиир хамыыһыйа чилиэннэрэ сарсыарда 7-ттэн үлэҕэ бэлэм буоллубут.  Аһыллыыга «Сиэрдээх Арассыыйа», «КПРФ» уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» партиялар кэтээн көрөөччүлэрэ кэллилэр. Арассыыйа, Саха сирин уонна Чурапчы гимнэрэ тыаһаатылар. 

Бу үс күн биһиги ТОС олохтоохторо, быыбардааччылара бука бары актыыбынай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Учаастакка кыайан кэлэн быыбардаабат олохтоохтор күн аайы 14 чааска диэри  сайабылыанньа түһэрэн, биһигини дьиэҕитигэр ыҥырыаххытын сөп«, — диэн кэпсээтэ.

  

Санатан эттэххэ, Чурапчы улууһугар уопсайа 29 быыбардыыр учаастак баар. Хас биирдии Чурапчы олохтооҕо балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр бэйэтин быыбардыыр учаастагар тиийэн, гражданскай иэһин төлөөн, куолаһын биэриэн сөп.

Елена Макаринская