1997-2002сс. Чурапчы улууһун баһылыгынан үлэлээбит Алексей Алексеевич Шадрин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт ахтыы күнэ ыытылынна

«Бочуот бэлиэтэ» уордьан кавалера, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Барҕарыы» фонда лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык киһитэ, Чурапчы улууһун Ытык киһитэ, 1997-2002сс. Чурапчы улууһун баһылыгынан үлэлээбит Алексей Алексеевич Шадрин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт ахтыы күнэ ыытылынна.

 

Бастатан, Нидьили түөлбэтигэр кини аатынан аншлагы арыйдылар.

 

Салгыы улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар кини аймахтара, бииргэ үлэлээбиттэрэ, үөлээннээхтэрэ, улуус салалтата мустан, Алексей Алексеевич туһунан олус истиҥ, үтүө тылларынан ахтан-санаан аастылар.

Улуус баһылыга Степан Саргыдаев Алексей Шадрин олоҕун, үлэтин туһунан дакылааты оҥордо. «Алексей Алексеевич улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар олоҕун 40-ча сылын анаабыта. Туох баар билиитин- көрүүтүн, үлэҕэ дьоҕурун, мунньуммут баай уопутун төрөөбүт улууһа Чурапчы сайдарыгар, кини кэлэр кэскилин туһугар анаабыта. Кини Чурапчыга быһаччы үлэлээбиттэртэн  бастакы Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Бочуоттаах гражданина буолар. Ити  бочуоттаах аат киниэхэ Саха Сиригэр 21-с киһинэн иҥэриллибитэ, Саха Сирин, Чурапчы улууһун дьиҥнээх патриот салайааччыта этэ.

 

Ытыктабыллаах биир дойдулаахпыт, оройуон, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар олоҕун анаабыт Алексей Алексеевич Шадрин үтүө аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа»,- диэн дакылаатын түмүктээтэ.

Алексей Шадрин 1929 сыл олунньу 13 күнүгэр Чурапчы оройуонун Аччаҕар (билинҥи Сылаҥ) нэһилиэгэр орто бааһынай ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ -Сылаҥтан Анна Васильевна, аҕата — Алексей Алексеевич Шадрин.

 

Алексей Алексеевич улуус баһылыгынан үлэлиир кэмигэр баһылыктары кытта олус тапсан, сүбэлэһэн үлэлээн элбэх тутуулары ыыппыта. Ол курдук 5 сылга Россия тыатын сиригэр бастакы Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института аһыллыбыта. Инбэлииттэртэн, пенсионердартан саҕалаан хас биирдии үлэлиир киһиэхэ тиийэ, тэрилтэлэртэн, предпринимателлэртэн баҕа өттүлэринэн үп хомуллан, таас балыыһа тутуутун улуус күүһүнэн саҕалаттарбыта. Бу кэмҥэ объект тутуутугар инвест бюджеттан үп көрүллэ илик кэмэ этэ.Хатылыга таас, Улахан Күөлгэ мас оскуолалар үлэҕэ киирбиттэрэ. Төлөйгө, Чыаппараҕа, Бахсыга таас оскуолалар тутуулара саҕаламмытттара.  Мырылаҕа, Мындаҕаайыга, Кытаанахха, Хайахсыкка балыыһа, Төлөйгө, Хадаарга медпуун дьиэлэрэ, Арыылаахха, Килэҥкигэ, Чыаппараҕа, Хайахсыкка, Бахсыга улахан спорт саалалара, Дириҥҥэ, Төлөйгө тустуу саалалара тутуллубуттара, «2000 сылга-2000 үтүө дьыала” хамсааһынҥа элбэх үлэ ыытыллыбыта. Мантан да атын араас тутуулар, котельнайдары убаҕас оттукка киллэрии үлэлэрэ ыытыллыбыттара.

 

Алексей Алексеевич кэмигэр переработка туһунан өйдөтүү үлэтэ ыытыллыбыта, ис суолу оҥорууну, Чурапчыга , Диринҥэ гравий кутууну саҕалаабыта, дьонтон эти –үүтү соҕотуопкалаан утары ахсааны оҥорууну сүрүн сыал-сорук оҥостубута, “Чурапчы” кооператив тэриллибитэ, онно урукку мясокомбинат уонна бааһынайдар киирбиттэрэ, Василий Михайлович Власовы кытта кэпсэтэн, 3 мөлүйүөн кредит ылары ситиһэн , дьоннорун кытта уу харчынан аахсан, кредиттэрин төлөһөр буолан

, бааннар кредит биэрэн, “Чурапчы” кооператив эмискэ күөрэс гына түспүтэ. Утары харчынан  аахсар механизмы таба тайанан, балаһыанньаттан тахсыбыттара. Итинтэн үс сыл буолан баран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сэҥээрэн, ити ньыманы туттубуттара. Устунан кооператив переработканы олоччу ылбыта. Нэһилиэктэргэ баар 23 арыы собуотун сыахтарын тэрээһинин бэйэтигэр ылан үлэлэппитэ. 2002 сыл түмүгүнэн ынах сүөһү 28506 төбө буолбута. Ити иннинэ Чурапчы муҥутаан 27181 ынах сүөһүлэнэ сылдьыбыта. Сылгы -10675 төбө, сибиинньэ -2024 төбө. Эбиллии икки бүк.

Кооператив тэрийиигэ Андрей Тимофеевич Ноговицыны  туруорбуттара олус таһаарыылаах үлэни көрдөрбүтэ. Тыа хаһаайыстыбата бааһыната суох сайдар кыаҕа суох диэн “Сир” диэн кооператив тэрийбиттэрэ. Онно сиринэн дьарыктанар бааһынайдар уонна биирдиилээн дьон киирбиттэрэ.

Урукку РТС базатыгар МТС тэриллибитэ. Эбии “Агроснаб” киирбитэ уонна 4 нэһилиэк бааһынайдара сыһыарыллыбыттара, 2000 га сирдэммиттэрэ. Онно 450 гектарга зерновойу ыһар кимиэхэ баҕарар сирин таҥастыыр, бурдугун хомуйар эбээһинэстэммитэ. Икки мельница туруоруллубута.

 

Алексей Алексеевич 2002 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр хаһаайыстыбаннай актыып мунньаҕар вице-президент Александр Константинович Акимов делегацията кыттыылаах үлэтин отчуоттаан, саҥа баһылыкка туттарбыта.

Елена Макаринская